НОВОСТИ

САХА СИРЭ, НОРИЛЬСКАЙДАРЫ УРАТЫ ЭКСПОНАТТАРЫНАН СӨХТӨРДҮЛЭР

2022-10-02 12:41 СМИ о нас
Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ балаҕан ыйын 22-25 күннэригэр Норильскайга (Красноярскай кыраай) ыытыллыбыт «Дорообо, Норильскай!» бэстибээлгэ «Хотугу матыыптар» быыстапкатынан ситиһиилээхтик кытынна.

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ тэрийбит “Көһө сылдьар түмэл” бырайыага үлэлээбитэ 10-тан тахса сыл буолла.

Түмэл бу бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ улуустарынан үлэни тиһиктээхтик тэрийэн ыытар.

– Биһиги түмэлбитигэр өбүгэлэрин үгэһин, сиэрин-туомун, тылын-өһүн билэр, харыстыыр уонна ону кэнчээри ыччакка тиэрдэргэ үлэлэһээччилэр, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр, уустар, култуура уонна ускуустуба диэйэтэллэрэ, мындыр өйдөөх, киэҥ билиилээх дьон мусталлар, үлэбитигэр өрүү өйөбүл, көмө-тирэх буолаллар. Улуустарынан, нэһилиэктэринэн тэҥҥэ сылдьаннар дьоҥҥо-сэргэҕэ билиини-көрүүнү тарҕатарга кыһамньыларын уураллар, – диэн “Көһө сылдьар түмэл” култуурунай-сырдатар айан салайааччыта, түмэл дириэктэрэ Мария Корнилова бэлиэтиир.

Түһүлгэҕэ – “Хотугу матыыптар”

Быйыл Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын, өрөспүүбүлүкэҕэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылларынан, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ Санкт-Петербурга «Көһө сылдьар түмэл» бырайыагынан “Хотугу матыыптар” быыстапканы тэрийбитэ.

Санкт-Петербург олохтоохторо, ыалдьыттара Арассыыйа этнографическай түмэлигэр, Н.А.Римскэй-Корсаков музей-кыбартыыратыгар, “Ленфильм” киинэ устуудьуйатыгар, Доҕордоһуу дьиэтигэр түмэл тэрээһиннэригэр үөрэ-көтө сылдьыбыттара. Быыстапканы сэҥээрбиттэрин, маастар-кылаастарга, араас тэрээһиннэргэ сылдьан улаханнык астыммыттарын биллэрбиттэрэ.

“Дорообо, Норильскай!”

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин «Хотугу матыыптар» быыстапката өрө көтөҕүллүүлээхтик салҕанар. Соторутааҕыта “Дорообо, Норильскай!” (Красноярскайга) диэн сыл ахсын ыытыллар бэстибээлгэ бу куорат түмэлин (дириэктэр Наталья Николаевна Федянина) ыҥырыытынан баран кытыннылар. Онуоха норильскайдар маннык тэрээһиннээх буоланнар ханна да ыраах айаннаабакка атын куораттар, дойдулар түмэллэрин бииртэн-биир ураты экспонаттарын бэ йэлэригэр көрөллөрүн, итинтэн элбэҕи билэллэрин үөрэ-көтө кэпсээбиттэр.

– 2018 сылтан тэрээһин түһүлгэтигэр Италияттан, Францияттан, Болгарияттан ыалдьыттаабыттар, интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллыбыттар. Биһиги түмэл пуондатыттан 60 экспонаты илдьэн көрдөрдүбүт. Манна бааллар маастардар тикпит таҥастара-саптара, ойуун көстүүмэ, муусука үстүрүмүөннэрэ, иһиттэр-хомуостар, оонньуурдар, харысхал эмэгэттэр, о.д.а. Быыстапканы сэргэ, оҕолорго Саха сирин төрүт олохтоох норуоттарын остуоруйаларынан мультипликационнай киинэлэр көрдөрүлүннүлэр, интэриэһинэй көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар, муусука биэчэрдэрэ, киинэ көрдөрүүтэ болҕомтону тарта, – диэн сырдатар Мария Ильинична.

Тэрээһин иитинэн этно-ырыаһыт, аҕы йах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаа тырдарын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Синильга, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын сүрүн солиһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Дьячковская толорбут ырыаларын ытыс дохсун тыаһынан арыаллаабыттар. Виртуоз-мусукаан, СӨ култууратын туйгуна Руслан Габышев ураты үстүрүмүөнүгэр дууһа кылын таарыйар дьикти-кэрэ муусукатын истэн биһирээбиттэр. Оттон «Тойон Кыыл» киинэни көрөөччүлэр режиссер Эдуард Новиковка ыйытыылары хото биэрбиттэр, санааларын үл лэстибиттэр. Быыстапкаҕа сылдьыбыттар тэрээһинтэн улаханнык астыммыттарын, хас биирдии экспонат уратытынан сөхтөрбүтүн, көрдөрүүгэ турар муусука үстүрүмүөннэрин тыастарын- уустарын эт кулгаахтарынан истэн, тутан-хабан, оон ньоон көрүөхтэрин баҕарбыттарын эппиттэр. «Өссө кэлээриҥ», – диэн ыҥыра хаалбыттар.

Түмүккэ, Норильскай уонна Саха сирин норуоттарын муусукатын, фольклорун түмэллэрин икки ардыларыгар ыкса сибээстээх үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсиллибит.

Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат.

https://sakha-sire.ru/norilskajdary-uraty-eksponattarynan-sehterdyler/