Сахамедиа, Саха ЯСИА, Кыл струналах кылыхах Арассыыйа култуурунай киинигэр дьиэрэйдэ

От ыйын 17 күнэ — дойдуга Этнограф күнэ. Бу бэлиэ датаҕа сөп түбэһиннэрэн, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейын «Көһө сылдьар музей» бырайыагын чэрчитинэн, Санкт-Петербург куоракка саха омукпут төрүт дорҕоонноро дьиэрэйдилэр.
Ол курдук маастар-виртуоз Руслан Габышев бэйэтин уус илиитинэн оҥорон таһаарбыт кыл струналаах кырыымпатынан айар киэһэтэ буолан ааста. Мустубут эрэ бэркиһээтибит, өбүгэлэр саҕанааҕы кэмҥэ тиийэн ылбыт саҕа буоллубут. Ол курдук омукпут дьиҥнээх дорҕоонноро ураты турукка киллэрэн таһаардылар. Бэйэтин санаатын кытта «Кыл саха» бөлөх салайааччыта Анна Томская бу курдук үллэһиннэ.
— 2014 сылтан Руслан Габышев сөргүтэн таһаарбыт кыл струналаах кылыһах кырыымпатыгар тэҥҥэ үлэлии сылдьабыт. Руслан Прокопьевич бастакы кэнсиэрэ Арассыыйатааҕы этнография музейын мраморнай саалатыгар буолбутуттан олус үөрдүм уонна олус суолталааҕын бэлиэтиибин. Кини саха омугар биһиги үйэбитигэр, барыбыт дьолбутугар кэлбит киһинэн ааҕабын.
Бу иннинэ «Кыл саха» бөлөхпүтүнэн Шереметевскай дыбарыаска кэнсиэрдээтибит. Аҕыйах сыллааҕыта саха омукпут төрүт муусукатын инструменнарынан Арассыыйа култуурунай киинигэр кэлэн бу курдук дьон ортотугар толоруохпутун ким билиэ баарай?! Кыл струна тыаһыа суоҕа диэн ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тимир струнаҕа көһөрөн кэбиспиттэрэ. Итинтэн саҕалаан Национальнай оркестрбытыгар аныгылыы инструменнарынан оонньооһун тэнийбитэ. Оттон үөһээ этэн аһарбытым курдук, 2014 сылтан бэттэх Руслан Прокопьевич, айылҕаттан айдарыылаах маастар буоларын быһыытынан, төрүт өбүгэ үгэһин сөргүттэ, дьиҥнээх сахалыы тыаһы таһаарда. Онтон биһиги үөрэбит, долгуйабыт.
Кэпсэттэ Анфиса Слепцова, Арассыыйа сурунаалыыстарын сойууһун чилиэнэ, Санкт-Петербург к.
https://sakha.ysia.ru/kyl-strunalaah-kyly-ah-kyryympa-arassyyja-kultuurunaj-kiiniger-dierejde/