Сахамедиа, Эдэр саас, Норильскайга «Хотугу матыыптар» кэрэхсэбили ылла
р.
р.
Норильскай куоракка «Дорообо, Норильскай!» сыл ахсын дойду араас муннугуттан түмэллэр үлэлэрин көрдөрөр сыаллаах-соруктаах ыытыллар тэрээһин үрдүк таһымнаахтык салҕанар.
© edersaas.ru сайтан:
https://edersaas.ru/norilskajga-hotugu-matyyptar-kerehsebili-ylla/
Түһүлгэҕэ Саха АССР 100, Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылларынан, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ (дириэктэр Мария Корнилова) «Көһө сылдьар түмэл» бырайыагынан «Хотугу матыыптар» быыстапката үрдүк таһымнаахтык ыытыллар. Манна дьон-сэргэ сэргээн, сэҥээрэн кэлэр. Быыстапканы көрөллөр, маастар-кылаастарга, киинэҕэ сылдьаллар, муусука дьоро биэчэригэр сынньаналлар. Этно-ырыаһыт, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Синильга, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын солистката, РФ, СӨ үтүөлээх артыыската Анна Дьячковская ырыаларын, виртуоз-музыкант, СӨ култууратын туйгуна Руслан Габышев ураты муусукатын истэллэр. Киинэ режиссерыгар Эдуард Новиковка, түмэл дириэктэригэр Мария Корниловаҕа ыйытыылары биэрэллэр, ыалдьыттары кытары санааларын үллэстэллэр.
© edersaas.ru сайтан:
https://edersaas.ru/norilskajga-hotugu-matyyptar-kerehsebili-ylla/
Быыстапкаҕа бэлэмнэнии үлэтэ хайдах барда? Дьон-сэргэ түһүлгэҕэ тугу көрөрүй?
© edersaas.ru сайтан:
https://edersaas.ru/norilskajga-hotugu-matyyptar-kerehsebili-ylla/
Left
Right